678670, с.Чурапча ул. Карла Маркса 19 +7(984)1182258 m.haacka@gmail.com

“РОССЕЛЬХОЗБААН” ЧУРАПЧЫТААҔЫ ФИЛИАЛА ТЫА СИРИГЭР ИПОТЕКА ТУҺУНАН СЫРДАТАР

Чурапчы улууһун баһылыгын ааспыт сыллааҕы отчуотугар үгүстүк боппуруос быһыытынан көтөҕүллүбүт, дьону сэҥээрдибит  тыа сирин олохтоохторугар 2,7%-наах ипотеканан туһаныы буолбута. Онон «Саҥа олох» эрэдээксийэтэ “Россельхозбаан” Чурапчытааҕы филиалын салайааччытыттан Дария Савельевна Ефремоваттан чэпчэки бырыһыаннаах ипотека туһунан сырдатарыгар көрдөстө.

-Дария Савельевна, тыа сирин ипотекатын ким туһаныан сөбүй уонна туох докумуон ирдэнэрин туһунан кэпсээ эрэ.

-Бу “сельская ипотека” диэни, тыа сиригэр олохтоох дьон бары туһаныахтарын сөп. Онуоха тыа сиригэр олороллорун туоһулуур пропискалаах буолаллара ирдэниллэр. 21-тэн 75-гэр диэри саастаах дьон кредиты ылаллара көҥүллэнэр, бүтэһик үлэтигэр хайаан да үс ый үлэлээбит буолуохтаах эбэтэр уопсай үлэтин ыстааһа 6 ыйтан кырата суох буолуохтаах. Бу биһиги бааммытыгар хамнастара түһэр дьоҥҥо анаан ирдэбили эттим. Оттон хамнастара атын баанынан ааһар дьон бүтэһик үлэлэрин сиригэр хайаан даҕаны алта ый эбэтэр биир сыл үлэлээбит буолуохтаахтар. Биэнсийэлээх киһи пенсионнай фонда нөҥүө дохуота тахсыһар буоллаҕына 75 сааһыгар диэри ылыан сөп. Манна даҕатан эттэххэ биһиги бааммыт үүт туттарар дьон дохуотун эмиэ көрөр, ол ону эбии дохуот курдук оҥостон киллэриэхтэрин сөп. Ирдэниллэр докумуоннарга: хамнас (дохуоттарын) ыспыраапката, биэнсийэлээхтэр биэнсийэ ыспыраапкатын, үүт-эт туттарааччылар ыспыраапкалара, эр дьоҥҥо 27 саастарыгар диэри ыччат дьон байыаннай билиэттэрэ, пааспар оригинала, ыал буолалларын туоһулуур итиэннэ оҕолор төрөөбүт сибидиэтэлистибэлэрэ наада.

-Мин өйдүүрбүнэн, субсидиялаах ипотека, син биир ханнык эрэ өттүнэн хааччахтаах буолуон сөп курдук. Итини таһынан ипотеканы ылар киһи тыа сиригэр эбэһээт чааһынай дьиэни туттарыгар дуу эбэтэр куоракка кыбартыыра ылынарыгар туһаныан сөп дуу?

-Хааччаҕа диэн, бэриллэр кэмэ 25 сылга диэри уонна ылар кредитын суумата 100 тыһыынча солкуобайтан саҕалаан 5 мөлүйүөн солкуобайга диэри буолуохтаах. Усулуобуйаҕа этиллэринэн уопсай ылар сууматтан бастакы төлөбүрдэрин 10%-на хайаан даҕаны бэйэлэригэр баар буолуохтаах.  “Тыа сирин сайыннарыы” диэн Федеральнай бырагыраама буолан субсидированнай буолар. Бу ипотеканан куоракка кыбартыыра ыларга табыллыбат. Бырагыраама аата даҕаны этэрин курдук тыа сиригэр дьиэ туттарга, сир ыларга (манна тутуллубут, тутулла турар дьиэ эмиэ киирэр) эбэтэр кыбартыыра атыылаһарга туһуланар.

-Ону тэҥэ дьиэ туттарбар хайаан даҕаны тутуу тэрилтэтин эбэтэр чааһынай урбаанньыты наймылаһарым ирдэниллэр буоллаҕа?

-Подрядчик, подряднай тэрилтэ хайаан даҕаны ирдэниллэр. Бэйэлэрэ тутталлара көҥүллэммэт, тоҕо диир эбит буоллахха бу анал туһааннаах кредит буолан подряднай тэрилтэни кытары дуогабардаах буолар. Инньэ гынан тутар тэрилтэ үлэтин кээмэйиттэн көрөн кредит ылбыт киһи счетуттан киниэхэ баан нөҥүө төлөнүллэр. Кыбартыыра атыылаһыытыгар эмиэ итинник баан нөҥүө төлөнөр.

-Тутууга дьиэм акылаата сыбаайа үрдүгэр буолбакка, сиэмэнинэн кутуллубут, сииктээх сиргэ турар тулааһын буолуохтаах диэн ирдэбиллээх, ити хайдаҕый?

-Бастатан туран туттар дьиэҕит эбэтэр атыылаһар кыбартыыраҕыт биһиэхэ залог буолар, ол инниттэн холобура чааһынай дьиэ таас (ленточнай) фундамеҥҥа оҥоһуллубут буолуохтаах, сыбаайаҕа эҥин түһэрии ирдэбилбитигэр эппиэттээбэт. Таас акылааттаах дьиэ тэллэйдэммэккэ, сытыйбакка өр уйуктаах турар уонна баһаарынай өттүнэн ирдэбил оннук. Билигин үгүс киһи дьиэтин итинник туттар буолла.

-Кредит ыларга ханнык чопчу кимнээх хапсалларын (элбэх оҕолоох ийэлэр, соҕотох ийэлэр, аҕалар, кыра хамнастаах дьон, кредитнэй устуоруйата куһаҕан, элбэх кредиккэ сылдьар дьон) быһаарыан дуо?

-Кредитнэй устуоруйата куһаҕан киһиэхэ биллэн туран баан аккаастыыр, ол инниттэн оннук устуоруйалаах киһи ону көннөрөргө үлэлэһиэн наада. Элбэх оҕолоох ыалларга тыа сиригэр олороллорун быһыытынан иждивенецтарын (иитиллээччилэрин) көрбөппүт, ол эбэтэр уопсай дохуоттарын уллэрэргэ оҕону киллэрбэппит, ол онон суоттаан таһаарабыт. Аны туран кэргэнниилэр чааһынай урбаанньыт буолан дохуоттара тахсыспат түгэннэригэр биһиги кинилэри “Без учета дохода” диэн салаанан көрөбүт. Ол аата аҥардас кэргэнин эрэ дохуотунан кредиты аһардыахпытын сөп. Дохуоттара тахсыспат дьон эбии созаемщик аҕалан суруттарыахтарын сөп, манна чугас аймаҕа эрэ буолбакка, ким баҕарар эбии созаемщик быһыытынан киллэриллиэн сөп. Кредит ыларга бастакы быһаарыы үс күн иһинэн биллэр, ол кэннэ докумуонун барытын ылан, анал хамыыһыйа көрүүтүгэр ыытабыт (бу барыта Минсельхоз нөҥүө бигэргэтиини ааһар). Маннык кредитынан хас биирдии олохтоох биирдэ эрэ туһанар. Бырагыраама 2025 сылга диэри үлэлиир.

-Эһиги бааҥҥыт сотору кэминэн саҥа аадырыска көһөөрү турарын билэбит, үлэлиир бириэмэтин уонна банкоматтар турар аадырыстарын чопчулуон дуо?

-Билигин олорор дьиэбит тымныытынан сибээстээн, көтүрүллээри турар. Ол иһин норуокка биллэринэн “Саҥа пятиэтажкаҕа”, Октябрьскай аатынан уулусса 19/1 нүөмэрдээх дьиэ салалтатын кытары дуогабар түһэрсэн кулун тутар-муус устар ыйдарга көһүөхтээхпит. Көһөрбүт саҕана биллэриилэри ыытыахпыт, уулуссаҕа анал бэлиэлэр ыйаныахтара. Үлэбит чааһа сарсыарда 9.30-17.30 чааска диэри, эбиэккэ тохтобул 13.00-14.00 чааска диэри.

Билигин саҥа бырайыактарынан тэрилтэлэри кытта дуогабардаһабыт, ол түмүгүнэн хамнас уонна пенсионнай каарталарынан ханнык баҕарар банкоматтан бырыһыана суох харчыларын устар кыахтаннылар. Бу бүтүн Арассыыйа эрэгэйиэнигэр барытыгар туһаныллар онон ким баҕарар ханнык да куоракка сылдьыбытын иһин ханнык баҕарар банкоматтан бэйэтин үбүн эбии бырыһыана суох устуон сөп. Аҥардас маннык өҥө кимиэхэ баҕарар туһалаах буолуо дии саныыбыт. Уопсай информация быһыытынан эттэххэ бэйэбит бааммыт банкоматтара үс аадырыска тураллар: “Үс Кутка”, “Октябрьскай” эргиэн дьиэтигэр (норуокка биллэринэн «саҥа пятиэтажкаҕа”) уонна бэйэбит бааммыт дьиэтигэр. Саҥа дьиэҕэ көстөхпүтүнэ суукканы эргиччи үлэлиир банкомат туруоҕа диэн эрэннэрэбит.

Эбэн эттэххэ дьон-сэргэ түптээн тыа сиригэр олохсуйарыгар анаан табыгастаах федеральнай бырагыраамалар оҥоһуллубуттар. Эдэр дьоҥҥо, саастаах да ыалга, дьиэ куортамнаһан олорор дьон бэйэ сиринэн хааччыллыыларыгар улахан көмө бэриллэр дии саныыбын. 2,7% диэн сүрдээх кыра бырыһыан буолар, ааһа баран эттэххэ хайдахтаах да инфляцияны сиппэт. Холобура кредит ылар киһи 25 сылга 1 мөлүйүөн сууманы ыллаҕына 1 ыйга быһа барыллаан 4600 солкуобай төлүүр буолар, оттон 3 мөлүйүөн сууманы 25 сылга ылар түгэнигэр 1 ыйдаах төлөбүрэ быһа холоон 14000 солкуобайга тэҥнэһэр. Ылар суумаларын хайаан даҕаны 25 сылга ылыахтаахтар диэн буолбатах, бэйэлэрэ суоттанан 10 эбэтэр 15 сылларга эмиэ ылыахтарын сөп. Маныаха кредит төлөбүрүгэр дифференцированнай, аннуитетнай диэн бэйэлэригэр талларабыт. Быһааран эттэххэ дифференцированнай диэн бастакы төлөбүрэ улахан эрээри кэлин хаалар сууматыттан ааҕан төлөбүрэ кыччаан иһэр буолар. Оттон аннуитетнай диэн ый аайы биир сууманан төлүүллэр. Маны таһынан кредиттэрин төлүүр чыыһылаларын хайдах табыгастааҕынан бэйэлэрэ талан туруоран биэрэллэр. Бу манна даҕатан эттэххэ Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ олорор 35 саастарыгар диэри ыччакка аналлаах кредит олунньу ыйтан үлэтин саҕалыаҕа, ону бука баһаалыста кэпсиир федеральнай бырагырааманы кытары булкуйбаккытыгар көрдөһөбүт. Итиэннэ дьиэҕэ толору хааччыллыыны киллэрэргэ, гаас эбэтэр киин ититии систиэмэтигэр холбонорго анаан 5% потребительскай кредиты эмиэ ылыахха сөп.

РФ Бырабыыталыстыбата Уһук Илин эрэгийиэнигэр 2,7%-наах ипотеканы үлэлэтэргэ сокуону олоххо киллэрдэ. Онон улуус, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо  маннык өҥөнөн туһанарга ыксаабакка эрэ толкуйданыҥ, бааннарга тиийэн үчүгэйдик сүбэлэттэриҥ диэн ыҥырабыт.

Кэпсэттэ Сэмэн Жендринскэй.