Сэтинньи 8 күнүгэр "Чурапчы нэһилиэгэ" МТ дьаһалтата уонна "Удьуор" эр дьон түмсүүтэ уол оҕолорго саха төрүт үгэһин,
сиэрин-туомун иитиигэ-үөрэтиигэ сыаллаах муҥха тэрийэн ыыттылар. Бу күн оскуола оҕолоро кэлэн сибиэһэй салгынынан тыынан, муҥхалаатылар. Маны кытта ойбон алларыытыгар, кутаа оттуутугар уонна чэй оргутуутугар күрэхтэстилэр. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр I миэстэ С.К.Макаров аатынан улуустааҕы гимназия уолаттара буоллулар.
Баай байанай көмүс хатырыктааҕынан күндүлээн, оҕолор үөрэн-көтөн тарҕастылар.