678670, с.Чурапча ул. Карла Маркса 19 +7(984)1182258 m.haacka@gmail.com

Балаҕан ыйын 19 күнүгэр "Ийэ уонна оҕо" мемориалыгар Чурапчы оройуонун 41 колхоһун күүс өттүнэн Хоту оройуоннарга көһөрүү 77 сылыгар аналлаах кэриэстэбил митинэ буолла. Бу күн биир дойдулаахтар курутуйан туран, хаһан да умнуллубат

Айыы Кыһата оскуола тэриллиэҕиттэн куорат оҕолорун сахалыы тыыҥҥа, саха кутун иҥэрэр сыалтан үгүс үлэлэри ыытар. Ол курдук күһүн уонна саас айан дьарыкка туруналлар. Тыа сирин олоҕун, оскуола оҕолорун, биллиилээх дьону, норуот маастардарын кытта билсэн музейдарга сылдьаллар. Бу сырыыга Национальнай библиотека иһинэн үлэлиир Оҕо уонна ыччат киинэ «Суруйааччылар айар аартыктарынан» бырайыак чэрчитинэн Чурапчы нэһилиэгэр 59 о5о (7 кылаас үөрэнээччилэрэ) уонна 4 салайааччы буолан Саха народнай суруйааччыта, прозаик, поэт, литературнай критик, тылбаасчыт, журналист С.А.Попов -Сэмэн Тумат 75 сыллаах үбүлүөйүнэн кини дойдутун көрөр, олоҕун, айар үлэтин кытта билсэр сыаллаах-соруктаах кэлэн бардылар.

 

 

Арчын, Надежда и Василий Лукины победили в V Спартакиаде трудящихся России, проходившей в городе Тамбове. Спортивная семья из Якутии заняла первое место в общекомандном зачете по итогам соревнований в трех видах спорта, сообщает ЯСИА.


«Мы участвовали в соревнованиях всей семьей. Приехало 14 команд из разных регионов России. Состязания проводились по трем видам спорта: в эстафете по бегу мы заняли 4 место; в турнире по настольному теннису вышли в финал, где проиграли команде из Тульской области, заняв в итоге 2 место; туристическая полоса препятствий проходила в пять этапов. Было достаточно сложно, но мы сумели показать неплохое время и заняли 2 место. В итоге в общекомандном зачете наша семья выиграла по очкам», – рассказал Василий Лукин.

Он подчеркнул, что соревнования прошли на высоком уровне, отметив хорошую подготовленность команд.

Источник: http://ysia.ru/semya-lukinyh-iz-yakutii-zavoevala-zvanie-chempionov-na-v-spartakiade-trudyashhihsya-rossii-v-tambove/

Чурапчы нэһилиэгин күннэрин чэрчитинэн быйыл аан бастаан ууга харбааһыҥҥа күрэхтэстилэр. Күһүн кэлэн, уу балай да тымныйбыт кэмигэр маннык күрэх буолара дьону-сэргэни сэргэхситтэ, хайа эр санаалаах эр бэртэрэ илин былдьаһалларын көрүөн баҕалаах элбэх буолла. Харбааһыны кытары тыынан устуу интэринээт-оскуола томторугар үнүстүүт устудьуоннарыгар  анаан саҥа тутулла турар таас дьиэ анныгар, Чурапчы күөлүгэр ыытылынна.

ХАРБААҺЫН  КҮРЭҔЭР

Бу күрэххэ кыттарга 5 киһи суруйтарда. Кылаабынай судьуйа Михаил Степанов күрэхтэһии быраабылатын быһааран биэрдэ. Харбааччылар ууга пенопласт быстаҕастарынан субуруччу тардыллан оҥоһуллубут анал былаһааккаҕа 50-ча миэтэрэҕэ ууга харбыахтаахтар. Анал флажоктор бааллар. Уолаттар аргыый ууга киирэн стартыыр бэлиэҕэ харбаан тиийдилэр. Онно сэрэбиэйинэн талбыт дорожкаларынан араҕыстылар.

Страница 23 из 28